Киир

Киир

Өлүөнэ мууһа Булуҥ улууһугар тиийдэ. Аны аҕыйах хонугунан эбэ уута будулҕаннаах бурҕааттаах Муустаах байҕал хотуҥҥа түһүөҕэ.

Бу күннэргэ уу таһыма Өлүөхүмэ улууһугар Хатыҥ Тумул уонна Саҥыйахтаах икки ардыгар үрдүөҕэ. Оттон ыам ыйын 31 күнүттэн саҕалаан бэс ыйын 2 күнүгэр диэри Покровскай уонна Дьокуускай эҥээр хара уу кэлэрэ күүтүллэр. Ол туһунан суһал ыстаап мунньаҕар кэпсээтилэр.

Покровскай – Дьокуускай кэрчиккэ үөһэ ыйыллыбыт күннэргэ уу таһыма 1 – 1,2 миэтэрэнэн үрдүүрэ сабаҕаланар.

Бэй.кэр.
Хаартыска: МЧС Саха сиринээҕи салаата