Саха сиригэр халаантан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо хоромньуну толуйар төлөбүр харчыта киирэ турар. Бэс ыйын 5 күнүнээҕи туругунан, биир кэмнээх матырыйаалынай көмөнү ыларга 3633 сайабылыанньа киирбит. Оттон үбүнэн көмөнү ыларга – 3191.
Барыта холбоон 6800-тэн лаппа тахса сайабылыанньа киирбититтэн, 1494 сайыбылыанньатынан төлүүр туһунан быһаарыы ылыныллыбыт. Онтон 713 сайабылыанньата – биир кэмнээх матырыйаалынай көмө, 781 сайабылыанньата – үбүнэн көмө.
Билигин сайабылыанньаны судаарыстыбаннай өҥө порталын нөҥүө тута олороллор. Сайабылыанньаны тутуу бэс ыйын 18 күнүгэр түмүктэнэр.
Бэй.кэр.
Хаартыска: orenburg.bezformata.com