Киир

Киир

Бэс ыйын 10 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Саха сиригэр өрөспүүбүлүкэ таһымнаах ыксаллаах-быһыыны майгыны биллэрэргэ соруйда. Ити миэрэ баһаардары умулларарга эбии дьону, тиэхиньикэни, федеральнай үбү-харчыны буларга көмөлөһүөхтээх. Ол туһунан Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба пресс-сулууспата суруйар.

Санаттахха, бэс ыйын 10 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ 17 улуус сиригэр-уотугар 46 сиргэ ойуур умайа турар. Уот бары 98 тыһыынча гаа иэннээх сири сиэтэ. Уустук быһыы-майгы Өлүөхүмэ улууһугар үөскээбитэ – икки сиринэн 20-тэн тахса тыыһынча гаа иэннээх тыа умуйар. Онно ааспыт нэдиэлэттэн улуус таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллибитэ.

Онтон итэҕэһэ суох уустук балаһыанньаны Томпо улууһугар көрсөн олороллор. Томпоҕо уопсайа 35 тыһыынча гаа иэннээх түөрт баһаар баар.

“Икки улууска муниципальнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллэн турара өрөспүүбүлүкэ таһымыгар эмиэ оннук балаһыанньаны биллэрэргэ төрүөт буолар”, – диэн СӨ Экологияҕа миниистирэ Евгений Перфильев этэр.

Күн бүгүн Саха сиригэр уоту бохсууга барыта 754 киһи үлэлии сылдьар. Ол иһигэр Өлүөхүмэҕэ “Авиалесоохрана” тэрилтэ 125 исписэлииһэ. Ону таһынан, өтөр Иркутскай уобаластан парашютистар уонна десантниктар кэлиэхтээхтэр.

Бэй.кэр.
Хаартыска: “Авиалесоохрана” пресс-сулууспата.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар