Киир

Киир

2024 сыл от ыйын 1 күнүттэн нэһилиэнньэ кэккэ араҥата дьиэ-уот хомунаалынай төлөбүрүн бааҥҥа хамыыһыйата суох төлүүр буолуоҕа. Ол туһунан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Георгий Степанов бэс ыйын 24 күнүнээҕи мунньахха иһитиннэрдэ.

“Баан хамыыһыйатыттан элбэх оҕолоох ыаллар, биэнсийэлээхтэр, инбэлииттэр, бойобуой дьайыы бэтэрээннэрэ, ону тэҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин өлбүт инбэлииттэрин, кытыылаахтарын уонна бойобуой дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэннэрэ босхолонуохтара”, – диэн Георгий Степанов быһаарда.

Туһааннаах испииһэк быйыл саас муус устар 27 күнүгэр РФ бырабыыталыстыбатын дьаһалынан бигэргэммитэ.

Саха сиригэр Ил Дархан ыйааҕар уонна нуорма-быраап атын актарыгар олоҕуран, АБДь кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр аадырыстаах көмө оҥоһулла турар. Билиҥҥи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 28 араас социальнай өйөбүл баар.

“Бүгүҥҥү туругунан, АБДь 732 кытыылааҕа уонна 1127 кинилэр дьиэ кэргэннэрэ өрөспүүбүлүкэтээҕи доруобуйа харыстабылын уонна социальнай хааччыйыы тэрилтэлэригэр чөлүгэр түһэриини (реабилитация) аастылар. 240 киһиэхэ өҥө дьиэтигэр уонна стационар аҥаардаахтык оҥоһулунна”, – диэн зампред кэпсээтэ.

Итини таһынан, олохтоох былаастар АБДь кыттыылааҕын 329 төрөппүтэ сонотуоруйга-куруорка сынньанарыгар, 108 дьиэ кэргэн дьиэтигэр гаас киирэригэр көмөлөспүттэр.

Анал байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ үөрэнэллэригэр уонна үлэни-хамнаһы булалларыгар эмиэ көмөлөһөллөр. Ол курдук, быйыл СӨ дьарыктаах буолууга киинигэр 357 киһи кэлэн барбыт. Ол иһигэр 133 АБДь кыттыылааҕа уонна 224 дьиэ кэргэнэ. Олортон 108 киһи үөрэххэ барбыт, 224 киһи үлэни булбут.

Бэй.кэр.
Хаартыска: blog.gisgkx.ru