Киир

Киир

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев 2024 с. бэс ыйын 27 күнүнээҕи ыйааҕынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр национальнай бэчээт сайдыытыгар сүдү кылаатын, үрдүк таһымнаах суруналыыстыы маастарыстыбатын, саха тылын харыстааһыҥҥа уонна сайыннарыыга үтүөлэрин иһин В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан суруналыыстыка эйгэтигэр Судаарыстыбаннай бириэмийэ СӨ үтүөлээх суруналыыһа, “Кыым” норуот хаһыатын эрэдээктэрэ Иван Иванович Гаврильевка ананна.
 
Ханнык баҕарар хаһыат, СМИ сирэйэ – кини сүрүн эрэдээктэрэ буолар. Биһиги “Кыыммыт” бу үгүс сылларга саха бэчээтигэр, уопсайынан, Арассыыйа национальнай суруналыыстыкатыгар биир биллэр-көстөр таһымы тута сылдьара – ол барыта Иван Иванович Гаврильев эрэдээктэр, лиичинэс быһыытынан көрүүтүттэн, таһымыттан, гражданскай позициятыттан быһаччы тутулуктаах.
 
Иван Иванович Гаврильев суруналыыстыка эйгэтигэр үлэлээбитэ балайда буолла. Онтон сүүрбэччэ сыла – “Ситим” медиа-бөлөх таһаарар “Кыым” хаһыатыгар. Ол иһигэр уон алтыс сылын бас эрэдээктэринэн. Онон хаһыат иккиһин тиллэн атаҕар туруута, бар дьон билиниитин, тапталын уонна итэҕэлин ылыыта, өрөспүүбүлүкэҕэ, Уһук Илиҥҥэ, ону ааһан Арассыыйа национальнай бэчээтин эйгэтигэр дьоһуннаахтык ааттанар буолуута – барыта Иван Иванович аатын кытта ыкса ситимнээх. Бу сыллар тухары “Кыым” хаһыат саханы саха, омугу омугу дэтэр сүрүн өйдөбүллэри-суоллары – төрөөбүт тылтан, үгэстэн-итэҕэлтэн саҕалаан сир боппуруостарыгар, айылҕа харыстабылыгар, тыа сиригэр, хаһаайыстыбатыгар, о.д.а. тиийэ – тирэх оҥостон, тумус туттан, харыстаан-харааннаан, туруулаһан кэллэ. Иван Иванович салайааччылаах “Кыым” эрэдээксийэтэ ити суоллары булгуруйбаттык тутуһар, туруулаһар буолан, дьон эрэнэр уонна итэҕэйэр. Ол туоһута – күн бүгүн “Кыым” норуот хаһыата өрөспүүбүлүкэ уонна Арассыыйа национальнай бэчээтин саамай элбэх сурутааччылаах хаһыата. Оттон Арассыыйаҕа тахсар бары хаһыаттарга-сурунаалларга – 13 миэстэ!         
 
Онон ытыктыыр эрэдээктэрбитин, биир идэлээх доҕорбутун бу норуот, уопсастыба, былаас билиниитин көрдөрөр үрдүк бириэмийэни ылбыккынан истиҥник эҕэрдэлиибит, тэҥҥэ үөрэбит уонна киэн туттабыт.
 
“Ситим” медиа-бөлөх уонна “Кыым” эрэдээксийэтэ.