Киир

Киир

От ыйын 1 күнүгэр Саха сиригэр Национальнай бэчээт күнэ бэлиэтэнэр. Бу бырааһынньык 2020 сыллаахха олунньу 13 күнүгэр, Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн көрсө, Ил Дархан Айсен Николаев 1007 №-дээх ыйааҕынан олохтоммута.

Тоҕо ала-чуо от ыйын бастакы күнүгэр диэтэххэ, оруобуна ити күн 1907 сыллаахха Саха сиригэр “Якутский край” диэн аан бастакы тутулуга суох уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй уонна литературнай хаһыат тахсыбыта. Оттон ол иһинэн – “Саха дойдута” сахалыы тыллаах хаһыат. Хаһыаты оччолорго хараҥа норуоту сырдатыыга бэчээт суолтатын билэр уонна өйдүүр сыылынайдары сэргэ В.В. Никифоров-Күлүмнүүр салайааччылаах саха бастакы интэлигиэнсийэтэ көҕүлээн таһаарбыттара.

Бу бырааһынньык өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларын сайыннарарга уонна харыстыырга, сахалыы бэчээт эйгэтигэр үлэлии-хамсыыы сылдьар дьон аатын-суолун үрдэтэргэ, бэчээт кыҕалҕаларын тула дьон болҕомтотун тардарга анаан олохтоммута.

Бэй.кэр.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар