Киир

Киир

МЧС Саха сиринээҕи салаата нэһилиэктэргэ чугаһаабыт сэттэ ойуур баһаарын кыраҕатык кэтиир. От ыйын 8 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ 121 сиргэ ойуур умайа турар.

Ленскэй улууһун Туруктатыттан 8 биэрэстэлээх сиргэ 26 гаа иэннээх ойуур умайа турар. Уоту бохсууга 13 киһи үлэлии сылдьар. Хата, уот өрүс уҥуор баар.

Нерюнгри улууһун Ханитын таһынааҕы мырааҥҥа эмиэ ойуур умайа турар. Уоту быһар хоруу хаһыллыбыт. Баһаар иэнэ – 1178 гаа. Уоту умулларарга 3 тиэхиньикэлээх 40 киһи үлэлии сылдьар. Нэһилиэнньэлээх пууну уоттан көмүскүүргэ “РЖД” ААУо баһаарынай буойаһа бэлэм турар.

Өлүөхүмэ улууһугар уот тута үс бөһүөлэккэ чугаһаабыт. Бэс Күөлтэн 9,8 км сиргэ турбут 7786 гаа иэннээх уоту 93 киһи, араас тиэхиньикэ умулларар. Дьолго уот суолугар үрэхтэр-күөллэр, сиэннэр бааллар. Өссө биир кырата суох, 2175 гаа иэннээх, баһаар Дабаан бөһүөлэгиттэн 13,5 км сиргэ умайа турар. Ону 151 киһи, 14 тиэхиньикэ умулларар. Сири-буору сухалаан, хоруу хаспыттар. Куду Күөлтэн бэрт чугас, 9,4 км сиргэ, 115 гаа иэннээх уоту умулларбыттар.

Үөһээ Бүлүү Андреевскайыттан (Үөдүгэйиттэн) 5,4 км сиргэ умайбыт баһаары (1,5 гаа) умуллара сылдьаллар.

Өссө биир баһаар Алдан Кутанатыттан 10 км сиргэ кэлэн турар. Иэнэ балачча улахан – 32 779 гаа. Уоту бохсууга 28 киһи уонна 2 тиэхиньикэ үлэлиир.

“Дабаан бөһүөлэгин таһыгар МЧС уонна Саха сирин быыһыыр сулууспатын байыастара үлэлии сылдьаллар. Ми-8 бөртөлүөт сүүрбэтэ кырынан 60 туонна ууну кутта. Алдан улууһугар Бе-200 сөмөлүөт үлэлиир. 19 төгүл барыта 166 туонна ууну кутта. Иккис Ми-8 бөртөлүөтүнэн Алдан Кутанатыгар диэри МЧС үлэһиттэрин илтибит”, – диэн МЧС Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Павел Гарин кэпсээтэ.

От ыйын 8 күнүн сарсыардатынааҕы туругунан, Саха сиригэр барыта 323 000 гаа иэннээх 121 ойуур умайа турар. Суукка иһигэр 10 баһаары умулларбыттар. Уоту бохсууга уопсайа 1737 киһи, 107 тиэхиньикэ үлэлии сылдьар.

Ити туһунан МЧС Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрэр.

Бэй.кэр.
Хаартыска: МЧС