Киир

Киир

МЧС Саха сиринээҕи управлениетын от ыйын 10 күнүнээҕи чахчыларынан, Саха сиригэр нэһилиэнньэлээх пууннар тастарыгар 11 баһаар баар. Ааспыт суукка иһигэр уоту умулларарга эбии 67 киһини уонна 22 тиэхиньикэни ыыппыттар.

“Сүрүн күүһү нэһилиэнньэлээх пууннар көмүскэллэригэр уонна ойуур баһаардарын умуллара сылдьар дьону салайарга уурабыт. Суукка иһигэр 67 киһи уонна 22 тиэхиньикэ эбии кэллэ. Улахан болҕомто Өлүөхүмэ улууһугар ууруллар. Дабаан бөһүөлэгин таһыгар МЧС уонна Саха сирин быыһыыр сулууспатын үлэһиттэрэ үлэлии сылдьаллар. МЧС авиациятын Алдан Кутанатын таһыгар туһанныбыт. Онно уот саҕатыгар 145 туонна ууну сүөкээтибит. Бүгүн авиация Өлүөхүмэҕэ уонна Мииринэйгэ үлэлиэҕэ”, – диэн МЧС Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Павел Гарин кэпсээтэ.

Итини таһынан, биэдэмистибэ иһитиннэрэринэн, Ленскэй Туруктатын, Нерюнгри Ханитын уонна Өлүөхүмэ Куду Күөлүн таһыгар үс баһаары умулларбыттар. Турукта таһыгар уот 26 гаа, Хани аттыгар – 1178 гаа, Куду Күөлтэн чугас – 115 гаа иэннээх ойууру сиэбит.

Бүгүҥҥү туругунан, Өлүөхүмэ Бэс Күөлүн, Дабаанын, Куду Күөлүн, Хоротун уонна Тээнэтин тастарыгар баһаардар бааллар. Уоту босхооччулар сүрүн күүстэрэ Дабаантан 13,5 биэрэстэлээх, 7680 гаалаах баһаары умулларарга үлэлии сылдьаллар. Онно барыта 134 киһи уонна 14 араас уйуктаах тиэхиньикэ баар. Онтон арыый аҕыйах, 85 киһи, Бэс Күөлүгэр үлэлиир. Уот бөһүөлэктэн 9,8 км сиргэ кэлэн турар. Иэнэ – 10 486 гаа.

Хороттон 8,8 км сиргэ 4 гаа иэннээх баһаар баар. Ону 10 киһи умуллара сылдьар. Тээнэ таһынааҕы уот бөһүөлэктэн 7,8 км сиргэ кэлбит. Уоту 4 киһини кытта 2 тиэхиньикэ бохсор.

Үөһээ Бүлүүгэ Булгунньахтаах бөһүөлэгиттэн 5,2 км сиргэ, өрүс уҥуор, 12 гаа иэннээх ойуур умуйа турар. Уоту умулларарга 66 киһи уонна 13 тиэхиньикэ үлэлии сылдьар. Кулуһуннаахтан 7,2 км сиргэ 3 гаа иэннээх өссө биир баһаар баар. Онно 28 киһи уонна 3 тиэхиньикэ үлэлиир.

Биир улахан, 37 980 гаа иэннээх, уот Алдан Кутанатыттан 10 км сиргэ умайа турар. Баһаары 25 киһи уонна 3 тиэхиньикэ умулларар. Хата, уот суолун Күндэки үрэх быһа түһэн сытар.

Кэбээйи Арыктааҕыттан 9,2 км сиргэ 3,2 гаалаах ойуур умайа турар. Ону 11 киһи уонна 2 массыына умулларар.

“Авиалесоохрана” чахчыларынан, от ыйын 10 күнүнээҕи туругунан, Саха сиригэр барыта 501,6 гаа иэннээх 141 баһаар баар. Суукка иһигэр барыта 5 тыһыынчаттан тахса гаа иэннээх 9 уоту умулларбыттар. Уоту бохсорго уопсайа 1761 киһи уонна 125 тиэхиньикэ үлэлиир.

 

Бэй.кэр.
Хаартыска: МЧС