От ыйын 11 күнүгэр быыһыыр сулууспалар Муома улууһугар бэс ыйыгар сүппүт Егор Сорокомов диэн табаһыты буллулар. Ити күн үс нэдиэлэ анараа өттүгэр сүппүт киһини “Полярные авиалинии” бөртөлүөтүнэн көрдөөбүттэр.
Табаһыт Егор Сорокомов бэс ыйын 24 күнүгэр Ончука диэн сиргэ турар ыстаадаттан сатыы Буор Сыһыыга айаннаабыт. Ол баран истэҕинэ күүстээх ардах, ол кэннэ хойуу туман түһэн, үрэхтэр халааннааннар, мунан хаалбыт.
“Икки нэдиэлэттэн ордук кэм устата тайҕаҕа муна сылдьыбыт. Сүгэ сылдьар ыһыгынан уонна тугу булбутунан аһаабыт. Кэлин булчуттар үүтээннэрин булан, быһааччылары күүппүт. Хата үүттээҥҥэ ас-үөл баар эбит. Балыыһаҕа киирбитэ. Уйулҕатын уонна этин-сиинин туруга этэҥҥэ. Олоҕор уонна доруобуйатыгар туох да суоһаабат”, – диэн СИА-ҕа Муома улууһун дьаһалтата кэпсээбит.