Киир

Киир

Арассыыйа күүстээх спортсменнарын киирсиилэрин тнт-онлайн саайтыгар киирэн көрүөххэ сөп.

Titany 2Titany 3

Тэрийээччилэр бэлиэтииллэринэн, спортсменнарга сорудахтары искусственнай интэлиэк булан биэрэр.

Аҥаардас мас көмөтүнэн күрэхтэһиэххэ сөбүн спортсменнар бастаан саарбахтаабыт буоллахтарына, кыратык билсиһэ түһэн баран санаалара уларыйда. Билбэт киһиэхэ судургу курдук көстүбүт мас тардыһыытын араас албастарын кытта күрэхтэһээччилэр биэрии кэмигэр тута билсэн саҕалаатылар.

Titany 4Titany 5

“Саха сиригэр ыһыахтарга маннык күрэхтэһиини тэрийэллэрин тэлэбиисэринэн көрөр этим. Бэйэм холонон көрбүтүм суоҕа”, – диэн буоксаҕа Арассыыйа чөмпүйүөнэ Мария Пытина кэпсээтэ.

Мас-рестлини билигин аан дойду бары кэнтиниэннэригэр дьон биһириир. Ол курдук номнуо биэс аан дойду чөмпүйэнээтэ, ону тэҥэ 2014 сыллаахтан Аан дойду Куубага ыытыллар. Онтон Успуорт министиэристибэтэ успуорт маастарын, аан дойду таһымнаах успуорт маастарын уонна Арассыыйа успуордун үтүөлээх маастарын ааттарын биэртэлиир.

Titany 6Titany 7

Titany 9Titany 10

 

tnt-online хаартыскалара

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар