Киир

Киир

Ил Дархан Айсен Николаев от ыйын 16 күнүгэр Саха сирин судаарыстыбаннай салайыы, социальнай эйгэ, экэниэмикэ салааларыгар цифровой трансформацияны бырайыактыыр офистарын мунньаҕын ыытта.
4446b6d0b27 be86 4eab b300 a76939881781
Ил Дархан өрөспүүбүлүкэҕэ цифровой технологияны салгыы киллэрии улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ.
“Цифровой трансформация стратегиятын көҕүлээһиҥҥэ саҥа көрүүлэри уонна садааччалары быһаарыахха наада. Онно соторутааҕыта ыытыллыбыт судаарыстыбаннай былаас уонна экэниэмикэ салаалара төһө сиппиттэрин быһаарар үлэ түмүгэр тирэниллиэхтээх”, – диэн Ил Дархан эттэ.
333 ba64f97f c8e3 49be 9d81 ba5fb4591966
 
Айсен Николаев, бырайыактыыр офис саҥа структуратын бигэргэттэ, өрөспүүбүлүкэ цифровой трансформациятын салайааччынан Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин солбуйааччытын Анатолий Семеновы анаата.
Ил Дархан бэлиэтииринэн, экэниэмикэ, социальнай эйгэ уонна судаарыстыбаннай салайыы цифровой трасформациятын искусственнай интеллект уонна геоинформационнай технология дааннайдарыгар олоҕурбут салайыыны киллэрэн ситиһиэххэ сөп.  Айсен Николаев болҕомтотун эрэгийиэн цифровой трансформациятыгар үлэһиттэри бэлэмнээһиҥҥэ уурда.
Мунньахха VIII аан дойдутааҕы “Азия оҕолоро” успуорт оонньууларыгар туһаныллыбыт араас быһылааннары дьаһайар үлэ уопутун тула кэпсэттилэр. Ол курдук, маннык киэҥ далааһыннаах тэрээһиҥҥэ тэрийэр кэмитиэт, ЦУР, мэдиссиинэ тэрилтэлэрэ, бэрээдэги уонна куттала суох буолууну хааччыйар уорганнар үлэлэригэр бастакытын онлайн-мониторины туһаннылар. Онон үлэ тэтимирэн, буолбут быһылааннар 10 мүнүүттэн саҕалаан 3 чааска диэри кэмҥэ уталыппакка быһаарылыннылар.
Мунньах түмүгэр Айсен Николаев сэтинньи 1 күнүгэр диэри цифровой трансформация судаарыстыбаннай салалтаҕа, социальнай эйгэҕэ, экэниэмикэҕэ Стратегиятын саҥардарга, ону таһынан араас быһылааннары дьаһайыы саҥа систиэмэтин кэҥэтэн, эрэгийиэн судаарыстыбаннай информационнай платформаларын кытта ситимнээн үлэҕэ киллэрэргэ сорудахтаата.
Ил Дархан уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Андрей Сорокин, ЯСИА хаартыскалара.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар