Киир

Киир

2024 сылга Саха сирин судаарыстыбаннай бүддьүөтүттэн 119 элбэх оҕолоох ыалы дьиэнэн хааччыйыыга 500 мөл. солк. көрүллэр. Бу туһунан СӨ Тутуу министиэристибэтигэр биллэрдилэр.
2012—2023 сылларга Саха сиригэр 600 элбэх оҕолоох ыал олорор дьиэтин тупсарынна. Олохтоох салайыныылар 13 222 сир учаастагын биэрдилэр, уопсайа  1 700,4 гаа иэннээх учаастагы.
8 381 учаастак уоттаах, 4 260 учаастак — гаастаах. Бу сыалга быйыл 352,7 мөл. солк. көрүлүннэ. 2025 сылга  —  247,2 мөл. солк. былааннанар.
2025 сыл бүтүөр диэри Саха сиригэр 929 учаастагы уотунан хааччыйыахтаахтар, гааһынан – 785 учаастагы, сылааһынан – 54 учаастагы.