Киир

Киир

СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ нолуоктан саҥа төлөбүрү олохтуур туһунан саҥа сокуон таҕыста. Төлөбүр ийэлээх аҕаҕа иккиэннэригэр оҥоһуллуо.


Онуоха кинилэргэ маннык ирдэбиллэр тураллар:

• Икки эбэтэр онтон элбэх сокуоннай сааһын ситэ илик эбэтэр 23 сааһыгар диэри күнүскү үөрэххэ үөрэнэр оҕолоох буолуохтаахтар.
• Ааспыт сылга хамнастарыгар 13% ыстаапкалаах НДФЛ ааҕыллыбыт буолуохтаах.
• Дьиэ кэргэн биир киһиэхэ тиксэр сыллааҕы дохуотун орто кээмэйэ региоҥҥа олорор минимумтан 1,5 төгүлтэн үрдүө суохтаах.
• Алимеҥҥа иэһэ суох буолуохтаахтар.

Оччотугар сыл устата ааҕыллыбыт НДФЛ 6% ыстаапканан ааҕыллыаҕа. Мантан тахсан кэлбит араастаһыыны нолуоктан төлөбүр быһыытынан биэриэхтэрэ. Ол эбэтэр, ирдэбилгэ сөп түбэһэр буоллаххытына, 2026 сылтан саҕалаан сыл ахсын ылыаххытын сөп. Холобура, төрөппүт 50 000 солк хамнаһыттан 13% ыстаапканан 78 000 солк төлүүр буоллаҕына, нолуоктан төлөбүр 42 000 солкуобайга тэҥнэһиэ.

Сайабылыанньаны Арассыыйа социальнай пуондатыгар эбэтэр МФЦ тиийэн, Госуслуги порталга онлайн 2026 сыл бэс ыйын 1 күнүттэн саҕалаан сэтинньи 1 күнүгэр диэри ыытыахха сөп.

 

Бэйэ кэр.