От ыйын 23 күнүгэр СӨ Быыһыыр сулууспатын бөлөҕө Валерий Андросов салайыытынан «Полярные авиалинии» хампаанньа МИ-8 АК бөртөлүөтүнэн Алдан-Учур сис хайатыгар «Робинсон» бөртөлүөт саахалыгар өлбүт дьону ылан аҕалла.
Экипаж хамандыыра Константин Аммосов бөртөлүөтү 13:40 чааска байҕалтан 1350 м үрдүккэ турар кып-кыараҕас хапчаан иһигэр сатабыллаахтык түһэрдэ. Уопуттаах быыһааччы-альпинист Николай Макаров салайааччылаах бөлөх өссө 300 м үөһэ тахсан, альпинистар тэриллэрин туһанан, өлүктэри «Акья» наһыылканан бөртөлүөт былаһааккатыгар түһэрдилэр. Быыһааччылар 19:15 чааска Маҕан аэропордугар кэлэн Силиэстийэлиир кэмитиэт үлэһиттэригэр өлүктэри туттардылар.
Санатар буоллахха, үс пассажирдах «Робинсон» бөртөлүөт от ыйын 19 күнүгэр сүппүтэ. Бөртөлүөтү Москуба уобалаһыттан төрүттээх 24 саастаах Илья Соловьев ыытан испитэ биллэр. Кини чааһынай «СахаТрейд» хампаанньа үлэһитэ.
Сонун төрдө: СӨ Быыһыыр сулууспата