Киир

Киир

Быйыл 4G түргэн мобильнай сибээс Өлүөхүмэ Куду Күөл, Дабаан, Муома Буор Сыһыы, Орто Халыма Эбээх, Сылгы Ыытар, Амма Сэргэ-Бэс, Томпо Арыы-Толоон, Охотскай Перевоз, Нам Өргөлөөх, Эдьигээн Кыстатыам, Абый Кэбэргэнэ, Сутуруоха, Кэбээйи Лүксүгүн сэлиэнньэлэригэр киириэҕэ.

Түргэн интэриниэт «Сыыппара экэниэмикэтэ» национальнай бырайыак иитинэн «Сыыппараҕа тэҥэ суох усулуобуйаны туоратыы 2.0» федеральнай бырайыак уонна «Арктика синергията» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыак көмөтүнэн олоххо киирэр.  

Билигин Сахабыт сиригэр интэриниэт 536 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа баар. Түргэн интэриниэккэ алларанан  386 нэһилиэнньэллээх пуун холбонон турар. ВОЛС ситиминэн толору 13 улуус хааччыллан турар: Амма, Горнай, Мэҥэ-Хаҥалас, Мииринэй, Нерюнгри, Ньурба, Өймөкөөн, Сунтаар, Хаҥалас, Чурапчы, Уус Алдан, Анаабыр, Өлөөн.

Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата