Киир

Киир

Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Мэлдьэхси нэһилиэгин Суола сэлиэнньэтигэр, «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак иитинэн, саҥа биэлсэр-акушер пуунун дьиэтэ тутуллан бүттэ. Манна 339 киһи, ол иһигэр 17 диэри саастаах 122 оҕо олорор.

Доруобуйа харыстабылын саҥа эбийиэгэ 75 кв. м иэннээх. Тэрилтэ симиэнэҕэ  10 пациеҥҥа тиийэ көрүөҕэ. «Пуун үлэһитинэн, мэдиссиинэ бары ирдэбилигэр сөп түбэһэр тэрилинэн толору хааччыллыылаах. Онон нэһилиэк олохтоохторугар хаачыстыбалаах өҥөнү оҥоруо», – диэн улуус киин балыыһатын сүрүн бырааһа Алексей Павлов бэлиэтээтэ.

Ити курдук сыл бүтүөр диэри Уус Алдан Бээдитигэр, Хаҥалас Чапаевотыгар, Төхтүрүгэр, Амма Бөтүҥүгэр, Бүлүү Илбэҥэтигэр, Мэҥэ-Хаҥалас Нуораҕанатыгар, Нам Хатаһыгар, Таатта Кыйытыгар уонна Чурапчы Дириҥэр мэдиссиинэ саҥа пууннарын үлэҕэ киллэриэхтэрэ.  

Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар