Киир

Киир

«Авиалесоохрана» саҥа дааннайынан, Сахабыт сиригэр 1 мөл. гектардаах сиргэ 125 айылҕа баһаара буола турар.  Биир суукка иһигэр  40 тыһ. галаах сиргэ 15 баһаары умуруордулар. Билигин Сүрүн управление ураты хонтуруолугар 10 айылҕа баһаара турар.

Ол курдук, Өлүөхүмэ улууһугар  Дабаан сэлиэнньэтиттэн 10 км-дээх сиргэ 25 403 га умайар. Куду Күөл сэлиэнньэтиттэн 9,4 км-дээх сиргэ – 6 342 га. Тээнэ аттыгар 7,8 км эрэ тэйиччи  3 043 га умайар. Хороттон 8,8 км-дээх сиргэ – 499 га. Үөһээ Бүлүү улууһугар Быракаан сэлиэнньэтиттэн 10 км-дээх сиргэ 16 390 га умайар. Өргөттөн 15 км-дээх сиргэ –  22 996 га. Үөһээ Дьааҥыга Сайдыы сэлиэнньэтиттэн 5 эрэ км-дээх сиргэ 30 556 га умайар. Алдан улууһун Угоян сэлиэнньэтиттэн 11,8 км тэйиччи – 456 га. Иннялы сэлиэнньэтиттэн 5,1 км эрэ тэйиччи сиргэ 7 га умайар. Сунтаарга Милэкэ сэлиэнньэтиттэн 8,1 км-дээх сиргэ – 1 800 га.

ЫБММ Саха сиринээҕи салаатын начаалынньыга Павел Гарин иһитиннэриитинэн,  Саха сиригэр РФ ЫБММ 5 көтөр аала үлэлиир. От ыйын 31 күнүгэр авиацияны Өлүөхүмэ улууһугар туһаныахтара. Маны сэргэ, биэдэмистибэ  аэромобильнай бөлөҕө Дабаан, Куду, Өргөт уонна Сайдыы сэлиэнньэлэригэр үлэлиир. Кэтиир тэрилтэ дознавателлэрэ ойуур хаһаайыстыбатын уонна полиция үлэһиттэрин кытта айылҕа баһаарын ыытыыга буруйдаахтары көрдүүллэр.  Ол түмүгэр  14 буруйдаах булулунна, Үөһээ Бүлүүгэ 1 холуобунай дьыала көбүтүлүннэ,  7 киһи административнай эппиэккэ тардылынна.

Бэйэ кэр.