Дойду салалтата чэпчэтиилээх ИТ-ипэтиэкэни 2030 сылга диэри уһатта. Онуоха, сүрүн болҕомтону регионнарга олорор исписэлиистэргэ уурдулар. Ол курдук, атырдьах ыйын 1 күнүттэн судаарыстыбаннай «Ипотека для ИТ» тосхол Москубаттан уонна Санкт-Петербургтан ураты бары регионнарга үлэлиир буолла.
Сыллааҕы ыстаапка муҥутаан 6% тиийиэ, оттон чэпчэтиилээх кирэдьиит муҥутуур кээмэйэ 9 мөл. тиийиэ. Ол эбэтэр, регионнар ыстаапканы эбии кыччатан биэрэр бырааптаахтар. Чэпчэтиилээх кирэдьиити ыларга ИТ-исписэлиис ыйдааҕы дохуотун орто кээмэйэ мөлүйүөҥҥэ тиийбэт нэһилиэнньэлээх куораттарга уонна нэһилиэнньэлээх пууннарга 90 тыһ. солкуобайтан кыра буолуо суохтаах.
Ипэтиэкэни тутулла турар эбэтэр бэлэм дьиэҕэ, ону сэргэ туттарга диэн ылыахха сөп. Манна аккредитациялаах ИТ-хампаанньаларга үлэлиир 18-тан 50 диэри саастаах исписэлиистэр хапсаллар.
Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата
Хаартыска: Андрей Сорокин, ЯСИА.