Киир

Киир

Ый саҥатыгар Сахабыт сиригэр 125 ойуур баһаара баар эбит буоллаҕына, атырдьах ыйын 7 күнүнээҕи туругунан, билигин 69 бара турар. Биир хонук иһигэр 6 баһаары умуруордулар уонна 7 баһаары уодьуганнаатылар.

«Ордук уустук балаһыанньа Өлүөхүмэ, Үөһээ Бүлүү, Үөһээ Дьааҥы, Сунтаар уонна Мииринэй улуустарыгар тыҥаан турар. Арассыыйатааҕы ЫБММ үлэһиттэрэ Үөһээ Бүлүү – Кырыкый,  Куду, Өргүөт, Горнай – Чэкэ Бэс, Өлүөхүмэ – Чапаев уонна Үөһээ Дьааҥы – Сайдыы нэһилиэнньэлээх пууннарыгар үлэлииллэр. Бүгүн Сунтаар улууһугар авиацияны туһаныахтара», - диэн Саха сиринээҕи сүрүн управление салайааччыта Павел Гарин иһитиннэрдэ.

Буруоттан тахсар хиимийэлээх эттиктэр нуорманы таһынан үрдээһинэ Үөһээ  Бүлүү киинигэр, Андреевскай сэлиэнньэтигэр, Бүлүү улууһун киинигэр бэлиэтэнэр.

Сонун төрдө: ЫБММ Саха сиринээҕи сүрүн управлениета

Бүтэһик сонуннар