Украина аармыйата атырдьах ыйын 6 күнүгэр Курскай уобалас Суджа оройуонугар кимэн киирбитин кэннэ ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимин биллэрдилэр. Ол туһунан губернатор э.т. Алексей Смирнов суруйда. Уобаласка мобильнай госпиталь, 19 быстах олорор пуун тэрилиннэ, дьону көһөрүү саҕаланна.
Бэрэсидьиэн Владимир Путин уодаһыннаах саба түһүүгэ сүбэ мунньах ыытта. Кини үп министиэристибэтигэр Курскай уобаластан, кыраныыссалаһар нэһилиэнньэлээх пууннартан дьону көһөрөргө 1,8 млрд солкуобайы көрөргө дьаһал биэрдэ уонна дойду бары регионнарын көмөлөһөргө ыҥырда. Уобалас олохтоохторугар көмө оҥорор үлэни сүрүннүүр Денис Мантуров аҥаарда 2,5 тыһ. дьиэ кэргэни көһөрөргө 11 млрд солк. ирдэнэрин чопчулаата. Тырааныспар миниистирэ Роман Старовойт дьону көһөрүүнү төһө кыалларынан түргэнник ыытыах буолла.
Онуоха, киин ситимнэр Суджаны минометунан уонна «Град» сэбинэн ытыалааһын салҕанан бара турарын, үгүс дьон таҥара дьиэлэригэр саһан олороллорун, кырата алта киһи өлбүтүн, сүүрбэ биэс киһи бааһырбытын суруйаллар. Билиҥҥи туругунан, байыаннай дьайыы үөһүттэн 200 киһини таһаарбыттар.
Бэрэсидьиэни кытта сүбэ мунньахха Арассыыйа сэбилэниилээх күүстэрин сүрүн ыстаабын салайар Валерий Герасимов иһитиннэрбитинэн, өстөөх күүскэ кимэн киириитин тохтоппуттар, ол түмүгэр өстөөх аармыйатын 315 байыаһа өлбүт, 215 – бааһырбыт, 54 бронетехника, ол иһигэр 7 тааҥка үлтүрүтүллүбүт. Курскай АЭС уонна да атын тыын суолталаах эбийиэктэри күүскэ маныыллар.
Биһиги Ил Дархаммыт Айсен Николаев Курскай уобалас олохтоохторугар өйөбүлүн биллэрдэ уонна бары өттүнэн көмөлөһөргө бэлэмин эттэ.
Киин таһаарыларынан бэйэ кэр.