Киир

Киир

Чурапчы улууһугар "РФ сенатора Егор Борисовы кытта биир күн" диэн пресс-тур саҕаланна.

Ол туһунан Чурапчы улуустааҕы дьаһалтатын телеграм-ханаалыгар суруйдулар. "Өрөспүүбүлүкэ көрдөрөр-иһитиннэрэр, суруйар-бичийэр суруналыыстара Егор Афанасьевичтыын кини төрөөбүт-үөскээбит дьиэтиттэн саҕалаан, үөрэммит оскуолатыгар, үлэлээбит Сельхозтехникатыгар сылдьан, кэпсээнин истиэхтэрэ, атах тэпсэн олорон сэһэргэһиэхтэрэ, ыйытыыларын биэриэхтэрэ" диэн сонуҥҥа иһитиннэрбиттэр.

Пресс-туру Егор Афанасьевич 70 сааһыгар анаан тэрийбиттэр.

Бэйэ кэр.

Бүтэһик сонуннар