Атырдьах ыйын 15 күнүгэр Хаҥалас улууһугар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Ходуһа күнэ-2024» агрономнар уонна үүнээйи үүннэрэр хаһаайыстыбалар сэминээр-сүбэ мунньахтара буолуоҕа.
Бу күн «Орто Дойдуга» уонна Покровскай куоракка сарсыарда 9:00 чаастан киэһэ 19:00 чааска диэри киэҥ далааһыннаах тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Ол курдук, кыттааччылларга уонна ыалдьыттарга анаан уоҕурдууну эбэр агродроннар үлэлэрин көрдөрүү, тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорон таһаарааччылары кытта төгүрүк остуол, Дьокуускайдааҕы М.Г. Сафронов аатынын тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтун уопут ыытар учаастактарыгар сылдьыы, тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи агро хайысхалаах оскуолалар бородууксуйаларын быыстапката, быыстапканы тупсаҕайдык тэрийиигэ улуустар икки ардыларыгар күрэс тэриллиэхтэрэ.
Санатар буоллахха, аан бастакы Ходуһа күнэ 2014 сыллаахха Нөмүгүгэ уонна Покровскайга буолбута. Онтон араас сылга Мэҥэ-Хаҥалас Төхтүр, Амма Покровка, Хаҥалас Хачыкаат сэлиэнньэлэригэр буолан ааспыттара. Былырыыҥҥы Ходуһа күнүгэр Сунтаар Куокунутугар өрөспүүбүлүкэ бастыҥ мэхэньисээтэрдэрин хамаандатын талбыттара.
Хаартыска: Сахапарламент
Бэйэ кэр.