Киир

Киир

Атырдьах ыйын 11 күнүнээҕи туругунан 4 ландшафт уонна 81 ойуур баһаара  16 муниципальнай оройуоҥҥа бара турар. Ол эбэтэр, ахсаана эмиэ балай эмэ элбээбит. Ураты хонтуруолга 15 килэмиэтирдээх сиргэ барар 20 баһаар турар. Нэһилиэнньэлээх пууннарга куттал суоһаабат диэтилэр.

СӨ Быыһыыр сулууспатын салайааччыта Вадим Шадрин ыксаллаах быһыыны-майгыны туоратар уонна сэрэтэр хамыыһыйа мунньаҕар иһитиннэрбитинэн, бэҕэһээ элбэх дьайыылаах Бе-200 ЧС амфибия-сөмөлүөт Сунтаар улууһугар үлэлээбит.

«Күн-дьыл туругун кэтээн көрөбүт. Сарсын Мииринэй оройуонугар, өйүүн Бүлүү бөлөх улуустарыгар ардах түһэрин күүтэбит. Үчүгэйдик түстүн диэн, зондировщигы үлэлэтээри сылдьабыт. Үөһэттэн патруллааһыҥҥа - 13, умуруорууга - 6 көтөр аалы үлэлэппиттэр. Ол түмүгэр, икки ойуур баһаарын умуруордулар, түөрт саҥаны буллулар», – диэн кини быһаарда.

Шадрины таһынан, Үөһээ Бүлүү, Үөһээ Дьааҥы, Горнай уонна Өлүөхүмэ баһылыктарын уонна солбуйааччыларын дакылааттарын иһиттилэр.

Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата

Бүтэһик сонуннар