Юстас диэн позывнойдаах ДНР уонна ЛНР координатора иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэттэн байыастарга таба тириитин улахан баартыйатын тиэрдибиттэр. Таба тириитэ тэллэх уонна хахха буолар уратытынан байыаннай дьайыы усулуобуйатыгар олус туһалааҕа биллибит.
Таба тириитин таһынан байыастарга сүүрэр тиэхиньикэ, ол иһигэр «ЯКТ-Сокол» квадроцикыллар, саппаас чаастарын, гуманитарнай көмөнү уонна баһыылкалары тиэртилэр. Бу чэрчитинэн Ленскэйдээҕи Москуба Сибэтиитэлэ Иннокентий храмын аҕабыта Анатолий байыастары кытта көрүстэ уонна аҕалбыт көмөтүн туттарда. Маннык духуобунас киһитин кытта көрсүһүү байыастар өйдөрүн-санааларын бөҕөргөтөр диэн Юстас бэлиэтиир.
Кини этэринэн, Саха сирин тирэх пууннара кэһиллиитэ суох үлэлииллэр, састааптара чэгиэн, тиэхиньикэлэрэ бүтүн, онон байыаннай чаастар турар сирдэригэр күҥҥэ түөртэ баран кэлэллэр.
Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата