Бу сыл тохсунньу 21 күнүгэр ЛДПР дьокутааттара ыал буолан уһуннук олоруу иһин төлөбүр олохтуур сокуон бырайыагын Госдумаҕа киллэрбиттэрэ. Ааптардартан биирдэстэрэ, Дума үлэҕэ, социальнай бэлиитикэҕэ уонна бэтэрээннэр дьыалаларыгар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэЯрослав Нилов көҕүлээһини маннык быһаарар:
«Дойду 20 тахса эрэгийиэнигэр 50 тахса сыл бииргэ олорбут кэргэнниилэри араас ньыманан чиэстииллэр. Ханна эрэ биир кэмнээх төлөбүр, ханна эрэ үбүлүөйдээх мэтээл биэрэллэр, оттон ыал буолуу «ыстааһыгар» бэриллэр төлөбүр кээмэйин тэҥниэхпитин уонна 20 сылтан уһуннук олоруу иһин саҥа төлөбүр олохтуохпутун баҕарабыт. Ол курдук, 20 тыһ. солкуобайтан саҕалаан үбүлүөй ахсын суумманы улаатыннаран иһэргэ этии киллэрдибит», – диэн кини быһаарда.
Дьокутааттар сокуон бырайыагын Москуба уонна Санкт-Петербург куораттар уопуттарыгар олоҕуран оҥорбуттар. Ол эбэтэр, манна төлөбүрү олорбуттара 50, 60, 70, 75 сылларын туолбут кэргэнниилэр МФЦ эбэтэр Социальнай харысхал управлениетыгар сайабылыанньа суруйан ылаллар.
Маны таһынан, ыал буолан олоруу 50 сылыгар харчынан төлөбүр Ханты-Мансийскай уонна Ненец уокуруктарыгар, Ленинград, Челябинскай уонна Пенза уобуластарыгар, Сургут, Самара, Белгород, Калуга, Тверь, Вологда, Мурманскай, Хабаровскай, Комсомольск-на-Амуре куораттарга уонна Удмуртияҕа бэриллэр. Саамай кыра суумма (1150 солк.) —Челябинскай уобаласка, оттон улахан (50 тыһ. солк.) — Сургукка, Владимирскай уобаласка, ХМАО уонна НАО төлөнөр.
Бэйэ кэр.