Киир

Киир

Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпииргэ эппитинэн, быйыл олунньуга аһыллыбыт саҥа Онкология киинигэр 1,7 тыһыынча эпэрээссийэни оҥорбуттар.

“Эргэ онкодиспансерга сылга муҥутаан 2,5 тыһыынча эпэрээссийэни оҥорор кыахтаахтара. Оттон саҥа диспансерга номнуо 1,7 тыһыынча эпэрээссийэ оҥоһулунна. Саҥа, үрдүкү кылаастаах тэриллэри туруоран уонна эпэрээссийэлиир блок хирурдарын көмөтүнэн үлэ биллэ тэтимирдэ. Бу сыл бүтүөр диэри 4 тыһыынча эпэрээссийэ оҥоһуллуоҕа», — диэн Айсен Николаев эттэ.

Дьиҥэ, эпэрээссийэ манна үрдүгэр оҥоһуллара үчүгэй бөҕө буоллаҕа, ол эрээри диспансер Ил Дархаҥҥа араак ыарыыны төһө киһиэхэ булбутун, төһө киһини үтүөрдүбүтүн, бу ыарыы тоҕо элбиирин эмиэ кэпсиирэ ордук туһалаах буолуох этэ.

Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата