Бүгүн Сайсары уокуругун дьахталларын сэбиэтин көхтөөх кыттыылаахтара Чочур Мыраан тэллэҕэр 35 миэтирэ уһуннаах, 23 миэтирэ үрдүктээх Арассыыйа былааҕын оҥорон тэниттилэр.
Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Матрена Угапьева этэринэн, былааҕы биэс күн оҥорбуттар. Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка инники 30 миэтирэ уһуннаах уонна 20 миэтирэ үрдүктээх былааҕы оҥорбуттар эбит. Онон, биһиги дьахталларбыт Арассыыйа былааҕын оҥорууга рекорд олохтоотулар диэххэ сөп.
Тэрээһиҥҥэ Сайсары уокуругун дьахталларын сэбиэтиттэн, быраабатыттан, «Быыр ньыгыл Арассыыйа» баартыйаттан, киин куорат дьаһалтатыттан 80 кэриҥэ киһи кытынна.
Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата
Хаартыска: Мария Васильева