Киир

Киир

Атырдьах ыйын 24 күнүгэр Уус Майда оройуонун Солнечнай бөһүөлэгиттэн 5 килэмиэтирдээх сиргэ Ан-2 сөмөлүөт ойуурга түһэргэ күһэллибитэ. Дьолго, олорсон испит дьонтон ким да эчэйбэтэх этэ. Ол да буоллар, быһылааҥҥа холуобунай дьыала тэрилиннэ.

Кэлин биллибитинэн, «Золото Ыныкчана»  хампаанньа бас билэр көтөр аала улууска көмүс хостуур бырамыысыланнас үөскээбитэ 90 сылын бэлиэтиир бырааһынньыкка ыллаабыт «Монако Джем» кавер-бөлөҕү илдьэн испит уонна двигателэ алдьанан сууллубут. Хампаанньа үлэһитэ иһитиннэрбитинэн, ырыаһыттар сөмөлүөт түспүтүн өйдөөбөккө да хаалбыттар уонна кыратык даҕаны эчэйбэтэхтэр. Ырыаһыттар тус ситимнэригэр эмиэ «Үчүгэйбит, долгуйумаҥ» диэн суруйбуттара, оттон фанаттара кинилэри «иккис төрөөбүт күннэринэн» эҕэрдэлээбиттэрэ.  

656x404 1 02b118029fb91d3c7e7bcd

Манна даҕатан эттэххэ, кэнники биэс сыл иһигэр Саха сиригэр бу Ан-2 сөмөлүөт төрдүс сууллан түһүүтэ эбит. Ол иһигэр, түөрт киһи өлүүлээх 2019 уонна 2022 сылларга буолбут саахаллар киирэллэр. Онон, манныкка тыыннаах хаалыы түөрт түгэнтэн бииригэр эрэ буолар диэн түмүктүөххэ сөп.

Бэйэ кэр.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар