РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Ыйааҕынан 68-с аармыйа куорпуһун «Шторм» этэрээтин "Бурхат" позывнойдаах пулеметчигар, Тааттаттан төрүттээх Родимир Максимовка Арассыыйа Дьоруойун үрдүк аата иҥэрилиннэ.
Санатар буоллахха, кини бөлөҕө икки күнү быһа Новомихайловкаҕа ВСУ тирэх пууҥҥа кимэн киириитигэр утарыласпыта. Родимир, улаханнык бааһырбытын аахсыбакка, доҕотторун кытта түөрт кимэн киириини тохтоппута, соҕотоҕун 27 боевигы суох гыммыта.
Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата