Уһук Илиҥҥи эрэгийиэн субъектарын муниципальнай тэриллиилэригэр табыгастаах куорат эйгэтин тэрийиигэ III Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэстэрэ түмүктэннэ. Бастыҥ бырайыактары Калугаҕа ыытыллыбыт «Развитие малых городов и исторических поселений» пуорумҥа биллэрдилэр.
Ол курдук, күрэскэ киирбит 11 сайаапкаттан Саха сирин 5 сайаапката кыайыылаах таҕыста. Онон, Саха сиригэр өссө биэс уопсастыбаннай уораҕай тутуллуо. Манна Томмот куорат кытылын, Өлүөхүмэ куорат «На Рубеже веков» искибиэрин, Аллараа Бэстээх киин пааркатын, Хаандыга бөһүөлэк кытылын, Амма сэлиэнньэтин «Тэтим» мини-пааркатын аныгылыы тупсаран оҥоруу киирдилэр.
Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата