Владимир Путин Нуучча тылын өйүүр сэбиэти көтүрэн баран Нуучча уонна РФ норуоттарын тылларын өйүүр сэбиэти тэрийдэ. Сэбиэт судаарыстыбаннай бэлиитикэни олоххо киллэрэр, сүбэлиир уонна сүрүннүүр уорган буолуоҕа. Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн Бэрэсидьиэн сүбэһитэ Елена Ямпольская ананна. Бу сыл ыам ыйыгар диэри кини Госдума култуураҕа кэмитиэтин салайбыта, ол иннинэ «Известия» хаһыакка үлэлээбитэ.
Кини солбуйааччытынан тыл уонна билии култууратын сайыннарар «Родное слово» билим-үөрэх сойууһун бэрэссэдээтэлэ Константин Деревянко ананна. Сэбиэт састаабыгар барыта 49 киһи – үөрэх, култуура, билим, литэрэтиирэ, СМИ бэрэстэбиитэллэрэ киирдилэр.
Олор истэригэр Москубатааҕы Губернскай дыраама тыйаатырын уус-уран салайааччыта, артыыс Сергей Безруков, артыыс Екатерина Гусева, мусукаан Сергей Трофимов, А.С. Пушкин аатынан нуучча тылын институтун ректорын э.т. Никита Гусев, М.В. Ломоносов аатынан МГУ суруналыыстыка факультетын декана Елена Вартанова, Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай бибилэтиэкэ дириэктэрэ Вадим Дуда, ТАСС генеральнай дириэктэрэ Андрей Кондрашов, Арассыыйатааҕы кинигэ сойууһун салайааччыта Сергей Степашин уонна да атыттар бааллар.
Хаартыска: Парламентская газета
Киин таһаарыыларынан бэйэ кэр.