Киир

Киир

Атырдьах ыйын 31 күнүгэр Камчаткаҕа Вачкажец хайа тэллэҕиттэн Елизовскай оройуон Николаевка бөһүөлэгэр туристары илдьэн испит "Витязь-Аэро" АХ МИ-8 бөртөлүөтэ сүппүтэ. Көтөр аал умайбыт үлтүркэйдэрин балаҕан ыйын 1 күнүгэр буллулар.

Манна көтөн испит 19 пассажир уонна экипаж бары өлбүттэр. Бу Камчатка кыраайын, Москуба, Пермь, Липецкэй, Амур уобаластарын, Бурятия, Удмуртия өрөспүүбүлүкэлэрин олохтоохторо. Онон, балаҕан ыйын 3 күнүн Камчаткаҕа Кутурҕан күнүнэн биллэрдилэр.

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев сүтүктээх дьоҥҥо кутурҕанын биллэрдэ. Быһылааҥҥа холуобунай дьыала тэрилиннэ. Өлбүт дьон аймахтара кэлитэлээн эрэллэр, кинилэри уйулҕаһыттар арыаллыыллар.

Манна даҕатан, Камчатка Елизовскай оройуонугар Налычево айылҕа паарката, түөрт вулкан уонна сылаас уулаах хайа көлүччэлэрэ баалларын бэлиэтиибит.

Бэйэ кэр.

Бүтэһик сонуннар