Киир

Киир

Илиҥҥи экэниэмикэ пуорумугар (ВЭФ) М.К. Аммосов аатынан ХИФУ ректора Анатолий Николаев кытта сылдьар. Кини ТАСС ааҕыныстыбаҕа университекка тэриллибит Пилота суох систиэмэлэри сайыннарар киин туһунан кэпсээтэ. Манна ыччаты Арктика сиригэр сыһыаран үөрэтэллэр.

«Бу хайысханы ыччат ортотугар тарҕатаары, бэс ыйыгар Үөһээ Дьааҥы улууһугар оскуола оҕолорун пилота суох систиэмэлэри таҥан оҥорорго, салайарга уонна программалыырга үөрэтэр кууруһу ыыппыппыт. Балаҕан ыйыгар Анаабырга исписэлиис тиийэрэ былааннанар», — диэн ректора кэпсээтэ.

Киин аһыллыаҕыттан университет устудьуоннарыгар,  эбии үөрэхтээһин педагогтарыгар, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар пилота суох көтөр аппараттары баһылыырга дьарыктары ыыталлар. Киин бырайыага үрдүк үөрэх кыһаларын сайыннарыыга туһуламмыт күрэскэ кыайыылаах буолбута. Онон, «Приоритет-2030» судаарыстыбаннай тосхол иитинэн өйөммүтэ

Пуорум балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр Владивостокка Уһук Илиҥҥи федеральнай университет кампуһугар ыытыллар. Сүрүн тиэмэтэ — «Дальний Восток-2030. Объединим усилия, создавая возможности». Дьыалабыай тэрээһиннэр сэттэ хайысханан бараллар: «Новые контуры международного сотрудничества», «Технологии независимости», «Финансовая система ценностей», «Россия дальневосточная», «Люди, образование и патриотизм», «Транспорт и логистика: новые маршруты» уонна «Мастер-планы: от архитектуры к экономике».

Сонун төрдө: ТАСС

Хаартыска: Андрей Сорокин, ЯСИА

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар