Киир

Киир

Харах балыыһатын сүрүн бырааһа уонна Ил Түмэн дьокутаата Иван Луцкан элэктириэн самокатынан сылдьан саахалланыы элбээбитин бэлиэтиир. Онон, аралдьытар көлө бу көрүҥүн туһаныыны сааһылыыр санаалааҕын этэр.

Элбэхтэн аҕыйаҕы холобурдуур буоллахха, бу сайын харах балыыһатыгар 19 саастаах уол самокаттан охтон сирэйинэн сири таарыйан аллараа халтаһата хайдыбытын тиктилэр, ханаалын сөргүттүлэр, эмтээтилэр. Оттон балаҕан ыйын 1 күнүгэр 17 саастаах уол, самокаттан түспэккэ суолу туораан иһэн массыынаҕа киирэн, мэйиитин хайа түһэн доргутта, сүүһүн уҥуоҕун тоһутта.

Самокатынан көтүтээччилэр сүрүн алҕастарынан кинилэр сиэри таһынан түргэнник, шлемэ суох сылдьаллара уонна суолу самокаттан түспэккэ эрэ туорууллара буолар. Ити курдук кинилэр, бэйэлэрин олохторугар эрэ буолбакка, атын дьон олоҕор эмиэ кутталы үөскэтэллэр.

Күндү төрөппүттэр уонна оҕолор, киин куораппыт суола-ииһэ, эйгэтэ самокатынан көҥүл көтүтүүгэ табыгаһа суоҕун бэлиэтээн тураммыт, бэйэҕит олоххутун уонна дьон киэнин харыстааҥ диэн көрдөһөбүт.

Сонун төрдө: Өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһата