Нерюнгри куорат төрүттэммитэ 50 сылыгар киэҥ далааһыннаах бэлэмнэнии барар. Эдэр куорат үйэ аҥаардаах үбүлүөйүн 2025 сыл сэтинньи ыйыгар бэлиэтиэҕэ. Онуоха диэри куорат архитектуратын уонна эйгэтин тупсарыы барыаҕа. Бу үлэ биир чаҕылхай түмүгүнэн Мииринэй хамаандата оҥорбут мурала (исп. muro – эркин) буолла.
Саҥа мурал Нерюнгри куоракка аан бастакытын уон этээстээх дьиэлэртэн биирдэстэригэр ойууланна. Бырайыагы куорат баһылыгы солбуйааччыта Анна Шаркова уонна сүрүн архитектора Андрей Рейда көҕүлээтилэр. Эскиискэ сэбиэскэй таҥастаах уолчаан ыскаамыйаҕа олорон сайда турар куорат уонна тимир суол үрдүттэн ырааҕы көрөр. Кини инники көлүөнэни кэрэһэлиир. Мэник-тэник рогаткалаах уолчаан сарсыҥҥыга эрэллээҕэ көстөр.
Бырайыак ааптарынан Мииринэй куорат Архитектураҕа уонна куораты тутууга управлениетын начаалынньыгы солбуйааччыта, худуоһунньук Христина Решетникова буолар. Муралы кинини кытта худуоһунньук Анастасия Бледных сюрреализм уонна поп-арт истииллээх ойуулаатылар.
Сонун төрдө: "LETO" куорат эйгэтин боппуруостарыгар сатабыл киинэ