Киир

Киир

Өлүөнэ өрүс икки кытылыгар баахта куората уонна тиэхиньикэ базата туруохтаах сирдэрин үрдэтии саҕаланна. Бу күргэни тутууга бастакы хардыы буоларын Арассыыйатааҕы «ВИС» бөлөх телеграм-ханаала суруйда.  

Кинилэр үс пилоннаах вантовай күргэ Арктика килиимэтигэр ирбэт тоҥноох сиргэ тутуллубут ураты инфраструктурнай эбийиэк буолуоҕун тоһоҕолууллар. Өлүөнэ күргэтэ Транссибиир уонна Байкал-Амур магистралын Хотугу байҕал суолун кытта ситимниэҕэ.

Күргэ тутулуннаҕына, Саха сирин олохтоохторо өрүһүнэн төгүрүк сыл хааччаҕа суох сылдьыахтара, табаары алларанан аҕалыы сыаната чэпчиэ диэн эрэннэрэллэр.

Сонун төрдө: «ВИС» бөлөх