Киир

Киир

Балаҕан ыйын 10 күнүгэр Дьокуускайга СӨ Уопсастыбаннаһын киинин дьиэтигэр «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын куорат дьаһалтатын уонна «Барҕарыы» пуонда өйөбүллэринэн «Саха сирин киин куоратыгар тыл эйгэтэ» форсайт-сиэссийэни тэрийэн ыытта.

Манна саха тылын сарсыҥҥытын туһугар үлэлии-хамсыы сылдьар дьону сэргэ төрөөбүт тыл дьылҕатыгар кыһаллар култуура үлэһиттэрэ, биллэр блогердар, холобур буолар дьиэ кэргэннэр кыттыыны ыллылар. Тэрээһин сүрүн уратытынан бырааһынньык форматынан барбыта уонна сахалыыттан нууччалыы тута тылбааһынан хааччыллыбыта буолла. Киин куорат баһылыга Евгений Григорьев бэйэтинэн кэлэн, төрөөбүт тыл суолтатын, саха тыллаах эйгэни сайыннарыы хайаан да салҕаныахтааҕын туһунан тыл этэн, мустубут дьону улаханнык үөртэ.

80bdd52c 44b2 488c 97e3 d44c2c1e

Ордук улахан биһирэбили оҕо аймах блогера Айыына Кожурова, сүүрбэттэн тахса оҕону сахалыы ииппит Павловтар дьиэ кэргэн, уолаттары төрүт үгэһинэн иитэр «Барҕа» тосхол ааптара Дорҕоон Дохсун, «Үйэлээх» бөлөх, блогер Масаха Мэхээс, саха тылын үөрэтэр Экэниэмикэ үрдүкү оскуолатын устудьуоннара (Москуба к.) уонна да атыттар ыллылар.

5407058333686422410

«Саха сирин киин куоратыгар тыл эйгэтэ» форсайт-сиэссийэ туһунан сиһилии матырыйаал хаһыат кэлэр нэдиэлэтээҕи нүөмэригэр тахсыаҕа.

Бэйэ кэр.