Балаҕан ыйын 23 күнүгэр Айсен Николаев биэс муниципальнай тэриллии саҥа талыллыбыт баһылыктарын кытта көрүстэ. Кини эҕэрдэлээн баран этиилэри иһиттэ уонна улуустары сайыннарыыга турар соруктары чопчулаата.
Биир кэлим куоластааһын түмүгүнэн, саҥа болдьоххо кимнээх хаттаан талыллыбыттарын санатабыт: Өлүөхүмэ улууһугар – Николай Харбин, Аллайыахаҕа – Яков Елисеев, «Жатай» уокурукка – Евгения Исаева. Оттон улуус баһылыгынан бастакытын Аллараа Халымаҕа Ярослав Бандеров уонна Өймөкөөҥҥө Александр Оконешников талылыннылар.
Кэпсэтии сүрүннээн анал байыаннай дьайыы кыттыллаахтарын өйөөһүн, национальнай бырайыактары уонна тыын суолталаах ыйаахтары олоххо киллэрии туһунан барда. Маны сэргэ, социальнай уонна инфраструктурнай эбийиэктэри, ол иһигэр Жатайга 360 миэстэлээх оскуоланы, Чокурдаахха канализационнай-ыраастыыр ыстаансыйаны, Черскэйгэ ТЭЦ, Колымское уонна Андрюшкино сэлиэнньэлэргэ оскуолалары, Уус Ньараҕа сылааһы биэрэр систиэмэни тутуу боппуруостарын ырытыстылар.
Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата
Хаартыска: Мария Васильева, ЯСИА