Киир

Киир

«Үйэ саас» бочуоттаах бэлиэлээхтэргэ бэриллэр харчыны уон төгүл үрдэтэрин туһунан Ил Дархан балаҕан ыйын 24 күнүнээҕи быһа эпииригэр эттэ. Ол курдук, 100 саастарын туолбут ытык кырдьаҕастар 100 тыһ. солк. оннугар 1 мөл. солкуобайы тутуохтара.

Онон, Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ салалтата тохсунньу 1 күнүгэр диэри Сахабыт сиригэр олорор «Үйэ саас» бэлиэлээхтэргэ ити харчыны төлүүрүгэр сорудахтаата. Онтон салгыы бу төлөбүрү биир үйэни олорбут бары олохтоохтор ылан барыахтара. Аҕам саастаахтар көхтөөх буолууларын көҕүлүүр миэрэлэргэ кини Өрөспүүбүлүкэтээҕи көхтөөх уһун үйэлэнии киинин аһыллыытын уонна улуустар туһааннаах тэрээһиннэри ыыталларыгар субсидия көрүллүүтүн кииллэрдэ.

«Бүгүн биһиги үйэни уһатыыны эрэ буолбакка, көхтөөх уһун үйэлэниини көҕүлүөхтээхпит. Маны олоххо киллэрэр кииннэр Сахабыт сирин атын куораттарыгар уонна улуустарыгар эмиэ баар буолуохтара», – диэн Айсен Николаев эрэннэрдэ.

Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата

Хаартыска: Мария Васильева, ЯСИА