Бүгүҥҥүттэн Үөһээ Халыма, Үөһээ Дьааҥы, Эдьигээн, Муома, Өймөкөөн, Өлөөн, Орто Халыма, Эбээн-Бытантай, Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Аллараа Халыма, Усуйаана, Булун улуустарыгар кыра кээмэйдээх суудуналар уунан устууларын тохтоттулар.
Аммаҕа, Алдаҥҥа, Мииринэйгэ, Нерюнгригэ, Өлүөхүмэҕэ, Ленскэйгэ, Үөһээ Бүлүүгэ, Бүлүүгэ, Горнайга, Кэбээйигэ, Мэҥэ-Хаҥаласка, Намҥа, Ньурбаҕа, Сунтаарга, Тааттаҕа, Томпоҕо, Уус Алдаҥҥа, Уус Майдаҕа, Хаҥаласка уонна Чурапчыга, ону сэргэ Дьокуускайга уонна Жатайга уу суолунан сырыы алтынньы 7 күнүгэр тохтотуллуоҕа.
Туһааннаах дьаһал тахсыбытын кэннэ кыра кээмэйдээх суудуналар устуулара кытаанахтык бобуллар! Кэһии тахсар түгэнигэр суудунаны ыытааччылар эппиэтинэскэ тардыллыахтара.
Сонун төрдө: ЫБММ Саха сиринээҕи салаата