Киир

Киир

Арассыыйаҕа аҕыс айдааны тардыбыт «ЁбиДоЁби» диэн саарбах ааттаах суши уонна ролл астаан тарҕатар ситим, атын эрэгийиэннэри баһылаан, аны биһиэхэ кэлэн «хаардыы хааман» эрэр.

Тэрилтэ үөхсүү тылы санатар аатын РФ Үрдүкү суутунан кытары уларыттара сатаабыттара да, кыайбатахтара. Оттон киин куораппыт дьаһалтата маннык аһыыр сир аһылларын төрүт билбэтэх курдук туттан олорор. Көҥүл биэрэр салалта билбэтэх буоллаҕына, уопсастыбаннас түһээн да баттаппата чахчы.  Онон, буоларын курдук, бүтэр бүппүтүн кэннэ биирдэ хамсанабыт...

Маннык, болҕомтону тардар, ааттаах бренды толкуйдаабыт бас билээччилэр «ЁбиДоЁби» диэн дьоппуоннуу «День недели – суббота» этии нууччалыы иһиллиитэ диэн куотуналлар. Оттон сууттарга ити этии нууччалыы үөхсэр тылы кытта дьүөрэлэһэрин, онон сиэрэ суох көстүү буоларын дакаастыы сатаабыттара. Ол да иһин, Роспатент маннык ааттаах табаар бэлиэтин бигэргэтэртэн батыммыта.

Аһыыр сир, аата эрэ буолбакка, астыыр бүлүүдэлэрэ кытта туох да сиэргэ баппат ааттаахтар. Ону манна таһааран, кинилэр суолларынан барбаппыт чахчы. Хаартыскаҕа да көстүбүтэ сөп. Өссө туочукаларын соруйан социальнай эбийиэк аттыгар талан тэрийэллэр эбит. Оччоҕо айдаан тахсан кинилэргэ ураты болҕомто ууруллар, босхо угуйук оҥоһуллар эбит. Ол курдук, Дьокуускайга аһыллар туочукаларын тутулла турар 1 №-дээх оскуола аттыгар арыйбыттар.

«ЁбиДоЁби» сууттарга төһө да кыайыылаах тахсыбытын иһин, дьон барыта акаары буолбатах, күргүөмүнэн хабан ылыахтара суоҕа. Ол эрээри кинилэри суоллаан сиэр-майгы өттүнэн иитиллэ, уһуну-киэҥи өйдүү илик оҕо аймах, эдэр ыччат тиийиэ турдаҕа. Онон, Саха сирин салалтата, киин куорат дьаһалтата бу тылынан баппат тэрилтэҕэ усулуобуйаны ким уонна тоҕо оҥорон биэрбитин дьоҥҥо быһаардаҕына табыллар.

Сонун төрдө: Yakutia24/Якутия24