Киир

Киир

Балаҕан ыйын 28 күнүгэр, тириэньэрбит Владимир Владимирович Кривошапкин тэрийэн, тустууга сылдьар, дьарыктанар уолаттар Чычымах Дьаамыгар бохуокка баран кэллибит. Оҕолор барыта 12 буолан сырыттыбыт.

WhatsApp Image 2024 09 29 at 18.57.20 1

WhatsApp Image 2024 09 29 at 18.57.20 1 1

WhatsApp Image 2024 09 29 at 18.57.21 2 1

Бохуоттуу сылдьан аһаҕас халлаан анныгар астына путбуоллаатыбыт, Амма эбэбитигэр спиннинынан балыктаан олус диэн үөрдүбүт-көттүбүт. Ким   төһөнү хаптарарыгар күрэхтэстибит. Кулуһуҥҥа уот оттон, ол уотугар маршмеллоу уонна сосиска үтэн сиэтибит. Спинниммытыгар сыа балык хаптарбыппыт. Манныгы хаһан да харахтаабатах сорох уолаттар, тутан-хабан көрөн, хайдах балык буоларын биллилэр.

WhatsApp Image 2024 09 29 at 18.57.22 1 1

Халлаан хараҥарбытын кэннэ, утуйар миэстэбитин булунан, оҥостон утуйбуппут. Сарсыарда 6 чааска уһуктубуппут, тула өттүбүт номнуо хаарынан бүрүллүбүт этэ. Соһуйуу бөҕө буоллубут. Онтон аһаан баран, кыратык хамсаныылаах оонньуулары оонньоон, эти-хааны уһугуннаран баран хомунан дьиэбитигэр төннүбүппүт.

WhatsApp Image 2024 09 29 at 18.57.22 1 1 1
 

WhatsApp Image 2024 09 29 at 18.57.21

Тус бэйэм хаһан да маннык хонуктаах бохуокка сылдьа илигим. Оҕолордуун хонон, бохуоттаан кэлбиппиттэн олус диэн астынным. Тириэньэрбитигэр Владимир Владимировичка маннык хонуктаах сынньалаҥы тэрийбитигэр, күһүҥҥү айылҕаны кытта алтыһыннарбытыгар, уол оҕолор бу сааспытыгар тугу сатыахтаахпытын үөрэппитигэр махтанабын!

Эрсан ХАЛЫЕВ, Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйын аатынан Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун 7 кылааһын үөрэнээччитэ.