Киир

Киир

Бэҕэһээ киин куорат «Токко» маҕаһыыныгар сылдьан хараҕым үөнү дьааттыыр баллоннарга хатанна. Олор истэригэр соторутааҕыта Красноярскай кыраайга түөрт оҕону уонна куосканы өлөрбүт «Варан» дихлофос баар эбит.

Санатар буоллахха, иэдээннээх быһылаан балаҕан ыйын 21 күнүгэр буолбута. Аҕа дьалаҕай сыһыаныттан түөрт оҕо суорума суолламмыта. Төрөппүттэр иккиэн тыыннаахтар эрээри, бэһис оҕотун төрөтөөрү сылдьар ийэҕэ дьаат хайдах охсубута биллибэт.  

Кэнники биллибитинэн, 34 саастаах аҕа ол киэһэ хостору барытын дихлофоһунан ыстарбыт уонна сабыылаах хаалларбыт. Төрөппүттэр оҕолорун кытта таһырдьа икки эрэ чаас сылдьан баран төттөрү киирбиттэр уонна кылгас кэмҥэ түннүктэри арыйбыттар. Ыал аҕата ити киэһэ иһэ ыалдьан бэйэтэ эмп испит. Оттон сарсыарда ийэни кытта оҕолор өйдөрүн сүтэрбиттэр.

Быһылаан кэннэ Красноярскай кыраайга «Сибиар» хампаанньа оҥорон таһаарбыт дихлофоһун, барытын атыыттан туоратан, бэрэбиэркэҕэ ыыппыттара. Оттон биһиэхэ, көстөрүн курдук, туох да миэрэ ылылла илик эбит. Ол эбэтэр, үөһэттэн ыйыы-кэрдии кэлэ илигинэ бэрэбиэркэ барбат.  

Онон, дихлофоһу нүдьү-балай туттумаҥ диэн сэрэтэбит уонна анал тэрилтэ өҥөтүн туһанан сөпкө эмтэтиҥ диэн сүбэлиибит.

Киин таһаарыыларынан бэйэ кэр.