Бэҕэһээ, Гражданскай авиация күнүгэр, Горнай улууһугар пилота суох көтөр аалынан нэһилиэнньэлээх пууннар икки ардыларыгар киин балыыһаттан эмтэри уонна почтаны тиэртилэр.
БПЛА кыра кээмэйдээх таһаҕаһы Бэрдьигэстээхтэн 150 км ыраах турар Кэптиҥҥэ 1,5 чаас иһигэр тиэртэ. Ити курдук пилота суох көтөр аал түөрт эриэйсэни оҥордо. Нэһилиэк олохтоохторо алдьамматах-кээһэммэтэх баһыылкалары туттулар.
СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Анатолий Семенов маннык пилота суох тиэрдиини хас биирдии улууска киллэрэр санаалаахтарын эттэ. Кини суола-ииһэ суох сир олохтоохторо мантан антах улуус кииниттэн эбэтэр Дьокуускайтан кыра кээмэйдээх таһаҕаһы аҕалтарар кыахтаммыттарын бэлиэтээтэ.
Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата