"Кырдьаҕаһы хааһахха хаалыы сылдьан сүбэлэт, эдэртэн эйэтин ыл" диэн өс хоһооно этэринии, биһиги Харбалаахпытыгар аҕам саастаах дьоммут куруук эдэрдэргэ сүбэ-соргу, үтүө холобур буолаллар.
Ол курдук, Харбалаахха баар "Эбээлэр","Коллекционердар" түмсүүлэр оҕо аймаҕы кытта куруук бииргэлэр. Манна кинилэр Ийэ дойдуга бэриниилээх буоларга, төрөөбүт дойдуну таптыырга-ытыктыырга үөрэтэн, кэс тылларын тиэрдэллэр.
Бу күннэргэ оскуола бары үөрэнээччилэрэ нэһилиэк ытык кырдьаҕастарыгар тиийэн "Ытык саастаахтар күннэринэн" эҕэрдэлээтилэр, сэмэй бэлэхтэрин туттардылар, ырыа-хоһоон ааҕан сэргэхситтилэр. Ким көмөҕө наадыйарга күүс-көмө буоллулар.
Ити курдук аҕам саастаахтарга ытыктабыл, өйөбүл куруук ситимин быспакка баар буоллун! Аҕам саастаахтарбыт ыччат дьону өрүү үтүөҕэ, кэрэҕэ сирдии сырыттыннар!
Валентина Кривошапкина. Таатта, Харбалаах