Киир

Киир

Алтынньы 11күнүгэр Орто Амма нэһилиэгин сынньалаҥ киинигэр ытыктабыллаах аҕам саастаахтарга анаан "Айхаллан, ытык саас!"  тэрээһин үрдүк таһымҥа ыытылынна.

Бу киэһэ үлэ-хамнас, көхтөөх сынньалаҥ кэмнэрин кэрэһэлиир "Ааспыт кэм ахтылҕана" хаартысканан быыстапка тардыллан дьон болҕомтотун тарта. Мантан бастыҥ хаартыскалары талан саҥаттан оҥоһуллар "Кыайыы болуоссатын" истиэндэтигэр ыйыахтара.

WhatsApp Image 2024 10 11 at 23.00.54 1

"Эбээ-эһээ сиэннэриниин" күрэххэ бэйэни билиһиннэрии, "Сделано в СССР" (урукку чымадаантан биир мал остуоруйата), "Уран оҥоhук" (бииргэ оҥорбут оноhуктара), "Талба талаан", "Өркөн өй" (көрдөөх оонньуу), "Мода-дефиле" түһүмэхтэр быыстарыгар сцена бэтэрээннэрэ Гаврил Колотинскай, Виктор Туманов иэйиилээх ырыаларын бэлэх ууннулар."Кэскил"уһуйаан кэлэктиибэ сэбиэскэй кэм муодатын көрдөрөн, көрөөччүлэри сэргэхситтэ.

WhatsApp Image 2024 10 11 at 23.00.56 2
 
Кыттааччыларга барыларыгар "Анал ааттар", сыаналаах бириистэр туттарылыннылар. Ол курдук: Валентина Бродникова сиэнэ Саргылыын –"Талба талааннаах дьиэ кэргэн", ⁠ Алексей Уваров сиэнэ Артемнуун – "Бастыҥ эhэ,бастыҥ туйах хатарааччы", Надежда Терякова сиэнэ Ариналыын "Сатабыллаах дьиэ кэргэн", Октябрина ⁠Захарова сиэнэ Настялыын "Уран тарбахтаахтар" анал ааттары ыллылар.
 

WhatsApp Image 2024 10 11 at 23.00.57

Силбиктээх күһүҥҥү киэһэ буолбут сонун, дириҥ ис хоһоонноох дьоро киэһэ кыттааччыларга да, көрөөччүлэргэ  да үөрүүнү, дуоһуйууну бэлэхтээтэ.

Валентина Кривошапкина. Таатта, Харбалаах.