«Земскэй дуоктар/фельдшер» тосхолунан Сунтаар киин балыыһатыгар 11 саҥа исписэлиис үлэҕэ киирдэ. Ол иннинэ кинилэр «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак «Земскэй дуоктар/фельдшер» тус сыаллаах тосхолунан бэлэмнэнии аастылар. Миниистир Лена Афанасьева бу тосхол саҥа каадырдары үлэлэтиигэ олус туһалааҕын бэлиэтээтэ.
Ол түмүгэр, Сунтаар киин балыыһата «Земскэй дуоктар тосхолунан «лечебное дело» идэлээх биэс бырааһынан, биир педиатырынан уонна биир стоматологынан хааччылынна. Оттон «Земскэй фельдшер» тосхолунан - үс фельдшер уонна биир акушер баар буолла. Кинилэр түһэрсибит дуогабардарынан толору ыстаапкаҕа биэс сыл устата үлэлиир эбээһинэстээхтэр.
Санатар буоллахха, «Земскэй дуоктар/фельдшер» тосхолунан үрдүк үөрэхтээх быраастар икки мөлүйүөҥҥэ, оттон орто үөрэхтээхтэр биир мөлүйүөҥҥэ тиийэ кээмэйдээх төлөбүрү ылаллар.
Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата