Киир

Киир

Маҕан аэропордун «Полярные авиалинии» хампаанньа авиационнай-тэхиньиичэскэй базатыгар биэс уолун бэһиэннэрин сэриигэ сүтэрбит дьоруой-ийэ Феврония Малгина аатын Ми-8 МТВ мэдиссиинэ көмөтүн оҥорор бөртөлүөккэ иҥэрэр үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста.

431d817a 7e2f 4443 9617 922b0eff9e50

Бу «Полярные авиалинии» хампаанньа алтыс ааттаах-суоллаах көтөр аала. Ол курдук, инники биллиилээх  бэлиитик Владимир Членов, авиация бэтэрээннэрэ Федор Марков, Семен Иванов, Афанасий Тихонов уонна Анатолий Крючков ааттарын иҥэрбиттэрэ.

9bf24913 55db 4a93 9e64 957031dc9965

Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата