Киир

Киир

Бүгүн, алтынньы 24 күнүттэн, Саха сиригэр уматык сыаната ыараата. Ол курдук, ааҕааччыларбыт хаартыскаҕа түһэрэн ыыппыттарынан, “Саханефтегазсбыт” тэрилтэ сапыраапкаларыгар АИ-92 мааркалаах бэнсиин 70.80 солк., АИ-95 – 74.10 солк., АИ-100 – 79.60, ДТ – 87.90 солк. буолбут.

“Саханефтегазсбыт” тэрилтэ пресс-сэкирэтээрэ Яна Байгожаева иһитиннэрбитинэн, алтынньы 25 күнүттэн Арассыыйа Киин баана тутаах ыстаапкатын 1 эбэтэр 2 пуунунан үрдэтиэхтээх. Оттон ол, биллэн турар, биһиги курдук тыйыс айылҕалаах эрэгийиэннэргэ сыана үрдүүрүгэр дьайара саарбаҕа суох. Ити иннинэ 2024 сылга Киин баан тутаах ыстаапкатын 3 пуунан эмиэ ыараппыта эрээри, тэрилтэ сыл устата сыанатын тутан турбута.

Сыана тоҕо үрдээбитин туһунан “Саханефтегазсбыт” АУо генеральнай дириэктэрин солбуйааччыта Артем Ничипоренко маннык быһаарар:

– Сыта-тура сыаналаан, ырытан-анааран көрөн баран, бүгүҥҥүттэн уматык сыанатын (розница) ыаратар туһунан судургута суох быһаарыыны ылынныбыт. Сыана ыарааһынын маннык быһаарыахха сөп: ааспыт сыллааҕы навигацияны кытта тэҥнээтэххэ, 2024 сыллааҕы навигацияҕа уматыгы атыылаһар сыана 7%-тан 15%-ҥа тиийэ үрдээтэ (уматык көрүҥүнэн көрөн). Аны, 2024 с. Киин баан тутаах ыстаапкатын 3 пуунунан сыллааҕыта 19%-ҥа тиийэ үрдэппитин түмүгэр, кирэдьиит бырыһыанын суумата улаатта.

Онон сибээстээн, “Саханефтегазсбыт” АУо 2024 сыл бүтүөр диэри төлүөхтээх кирэдьиитин бырыһыана 38%-ҥа тиийэ үрдүөхтээх. Оттон ол кирэдьиит бырыһыанын төлүүргэ былааннаммыт сууматтан биллэ элбэх суума.

“Саханефтегазсбыт” АУо судаарыстыба бүддьүөтүттэн субсидияламмат тэрилтэ, ороскуоту атыннык толунар кыаҕа суох. Онон, урукку сыананы хайдах даҕаны  өр тутан олорор кыахпыт суох. Тоҕо диэтэххэ, өрөспүүбүлүкэҕэ ньиэп бородууктатын тиэрдэр соҕотох тэрилтэ бигэ туруктаах үлэлиттэн нэһилиэнньэ олоҕо-дьаһаҕа быһаччы тутулуктаах, чуолаан, Арктика улуустарыгар. Саха сирин олохтоохторо бу быһаарыны сөпкө өйдүөхтэрэ диэн эрэнэбит.

Эбэн эттэххэ, "Сибойл" уонна "Туймаада-ньиэп" сапыраапкаларын уматыга билиҥҥитэ үрдүү илик.

Бэй.кэр.