Киир

Киир

Алтынньы 25-27 күннэригэр киин куорат Хомсомуол болуоссатыгар үгэс буолбут 14-с «Саха сирин балыга» быыстапка-дьаарбаҥка ыытыллыаҕа.

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, быйыл кыттар улуус ахсаана элбээбит. Ол курдук, бэйэ бородууксуйатын 10 тахса кээпэрэтиип, Арктика общината, Булун, Усуйаана, Аллайыаха, Аллараа Халыма уонна Кэбээйи улуустарын балыктааһынынан дьарыктанар урбаанньыттара көрдөрүөхтэрэ. 

Тэрийээччилэр этэллэринэн, уопуттаах маастардар хаһааҥҥытааҕар да элбэх тоҥо балыгы кыһан атыылыахтара. Мантан киирбит үп анал байыаннай дьайыыларга кытта сылдьар байыастарга көмө быһыытынан барыаҕа.

Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата